Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, "Алроса" хампаанньа салалтата 2020 сылтан "Саха судаарыстыбынаһын 100 сылыгар - 100 алмааска чулуу дьон аатын иҥэрии" бырайыага саҕаламмыта. Ол чэрчитинэн быйыл олунньу 8 күнүгэр, биһиги биир дойдулаахпытыгар, саха дьахталларыттан маҥнайгы Социалистическай Үлэ Геройа, 1958 - 1962 сс. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьопутаата Елизавета Ивановна Бурцева аата, 69.32 карааттаах алмааска иҥэриллиннэ.